Центр народного творчества "Эйгэ" им. Е.М.Поликарпова - Новости

Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэ!

Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэ !

Бары бииргэ түмсэн,

Биир санаанан салайтаран,

Дойдубут сайдарын туһугар

Үүнэн сайдан иһиэҕиҥ,

Ырааҕы ыраҥалыы көрөн,

Ыра санааҕыт ыллыктаах буоллун,

Ыраас, эйэлээх халлаан аргыстастын

Ил,эйэ эрэ эҥэрдэстин,

Бигэ туруктаныҥ,

Чөл олоҕу тутуһуҥ,

Бэйэ бэйэҕитигэр харысхаллаах буолуҥ

Саргы дьаалы салалыннын,

Өрөгөй үрдээтин,

Сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх,

Инникигэ дьулуурдаах олох аргыстастын,

Сэттэ үйэ тухары Сириэдийэ турар,

Кэччиэрийбэт,кэхтибэт

Кэскил буоллун,

Аҕыс үйэ тухары

Асхарыйа, алла турар

Аралдьыйбат ,ааспат айхал буоллун,

Тоҕус үйэ тухары

Торолуйа турар

Уларыйбат,уҕараабат Уруй буоллун !

 




Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ