Центр народного творчества "Эйгэ" им. Е.М.Поликарпова - Новости

Чуукаарга - Олоҥхо күнэ



ЧУУКААРГА - ОЛОҤХО КҮНЭ

      Сэтинньи 25 күнэ – Олоҥхо күнэ. Сүдү айымньыбыт сахабыт тылын-баайын дуолун, таайыллыбатах кистэлэҥнэрин илдьэ сылдьар!
Ньурба улууһун Чуукаар бөһүөлэгэр, бу күн, С.Н.Каратаев – Ырыа Дыгыйар “Тоҥ Саар Бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардан олоҥхо кистэлэҥин арыйар, олоххо үөрэтэр тобулуулаах Е.М.Поликарпов аатынан “Эйгэ” норуот айымньытын уонна спорт киинин үлэһиттэрин күүстэринэн туруоруллубут дьүһүйүү бэрт сэргэхтик Ютуб платформаҕа буолан ааста.
     Олоҥхоттон быһа тардан дьүһүйүүнү Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан киирэн көрдүлэр, сэҥээрдилэр! Дьүһүйүү бүппүтүн кэннэ көрөөччүлэрбит санааларын тиэртилэр, хайҕаатыылар, биһирээтилэр. Араас элбэх этии, санаа киирдэ, ол курдук туруорааччы кистэлэҥин тобулу көрбүт көрөөччүлэрбит биһиги сүрэхпитин маннык суругу ыытан долгуттулар “Ынырык дириҥ ис хоһоонноох олоҥхо эбит... Соготох бухатыыр кыайбата, өлөөрү сытан айылҕаттан көрдөһөн Айыылар көмөлөһөн туран кыайда!.. Айылҕаттан тэйимэн саха дьоно! - диэн курдук өйдөбүллээх эбит дии, кырдьык биһи умнан эрэбит элбэҕи, туохтан да куттаммат болбуппут, сэт-сэмэ...”.
     Күндү көрөөччүлэрбитигэр, бар дьоммутугар барҕа махтал буолуохтун!

Иһитиннэрдэ Лэкээрин Сэргэн


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ